?йэ кирбиитигэр
Шрифт:
Тордуохтаах дьиэлэрэ. Киэhэ аhылыктарыгар олордохторуна, дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй сонунун кэпсиир:
– Хадаар уол ойох ылбыт ?h?.
– Ноо, кими ылбытый? – Тордуох сэргиир.
Б?тэй алааска олорор ыалга эдэр дьон холбоhон ыал буолуута улахан сонун.
– Айгыратар кыыhын ылбыт ?h?.
– Ээ. С?п буолла?а. Кимтэн иhитти??
– Хабытай ойо?о сылдьан ааспыта.
– Кыыс, хата, чугас олорор уолга барбыт. Дьонугар кэлэ-бара сылдьыыhы.
– Эн уолгар хаhан ойох ылан биэрэ?ин? С??рбэ биирин туолла. Ойох ылар
– Бэлиэр ойох ылыа буолла?а. Дьыл – хонук дииллэрэ кырдьык ээ.
Итинтэн салгыы Саттаар дьоно ханна с?пт??х кыыс баарын кэпсэттилэр. Кыыс хайда?ын-тугун туhунан кэпсэппэттэр. Наар дьоно хайдахтарын, т?h? с??h?лээхтэрин э?ин ырыталлар. Хайа эрэ дьахтар тыллаах, кэччэгэй, ким эрэ ыарыhах, ким эрэ иэс ылан баран биэрбэт ?h?. Наар бэйэлэригэр с?пт??х дьада?ы дьон кыргыттарын сыымайдыыллар. Чугас эргин с?пт??х кыыс суо?ун курдук буолла. Ну?нууру ахтыбатылар да?аны. Дьоно сэниэ буоланнар, таарыллыбатылар быhыылаах.
– Оттон сэниэ ыал кыыhыгар дураhыйдахха? Биhиги уолбут тас к?р???нэн кыыска сирдэриэ суо?а этэ, – Тордуох дьахтарын диэки к?р?р.
– Бэрт киhи баай кыыhын кэпсэтэн с?г?ннэрэн а?алан, энньэ-сэтии субурутары? буолуо. Атыытын-сулуутун туоххунан т?л??г?н? Бэйэтигэр с?пт??х кыыhы ылыа буолла?а дии… – диэн Сэлгээнэй куолулаан эрдэ?инэ, таhырдьа ыт ?рдэ.
Хал?ан аhыллан, чомпой бэргэhэтин кы?нары кэппит киhи намыhах аа??а т??к?чч? туттан киирдэ. У?а оро??о кэлэн олорбутун «аhаа» диэн сибиэ?э ы?ырдылар. Сэлгээнэй кытыйа?а кыыймыт ??т кутан ыалдьыт диэки сы?арыта анньар. Ыалдьыт сойбут ??ттэн сыпсырыйан иhэр. Улахан кытыйаттан ??л?лл?б?т мундуну ылан сиир.
– Бука, туох эрэ сорукка кэллэ?и? буолуо, – Тордуох ыалдьыты кытта дьиэ эргиннээ?и сонуну кэпсэтэн иhэн ыйытар.
– Ээ, Мымах уолгун ы?ыртарар, – диир Т?т?лл?й, Мымах баай кулута.
– То?о ы?ыртарда?ай?
– Билбэтим. Бука, тугу эрэ ?лэлэтээри ы?ырбыта буолуо.
– Ы?ырбыт буолла?ына барда?ы? дии, – Тордуох уолун диэки к?р?р.
Сарсы??ытыгар Саттаар эрдэ туран Мымах тойо??о барда. Эдэр киhи сотору дэгэйэн тиийдэ.
Сир тааhа т?нн?ктээх улахан бала?а??а киирбитэ тойон ч?м?хт?мм?т утуйар та?аhыгар ?й?н?н сытар эбит. Уол аа??а туран с?г?р?йэр.
– Хайа, кэлли? дуу. Сибиэ?э чугаhаан олор, аhатыахтара, – Мымах сытан эрэ кэпсэтэр.
Уол сибиэ?э олорбутун кэннэ, кэргэн дьахтар кымыс, сыалаах буспут эти а?алан уурталыыр.
– Мин эйигин ?лэhиттэри кытары алааска ыытаары ы?ыртардым, – диэн Мымах соруда?ын иhитиннэрэр. – Онно тиийэн, дьиэ, хотон туталларыгар к?м?л?h???.
– Хайа алааска?
– Бардыалаах диэн. Онно сылдьыбыты? дуо?
– Билэбин. Мин бултуур ??тээним онтон соччо ыраа?а суох. Кэ?кэмэ бэтэрээ сиhигэр баар.
– Чэ, бэрт эбит. К?h?н хаар т?стэ?инэ, эмиэ тахсан бултуо? буолла?а дии. А?а? тахсан аты? сиир отун оттоотун.
– Атым сииригэр кур оттоохпун. Онно кыратык эптэххэ с?п буолуо.
– Дьиэ тутуутугар ?лэлээтэххинэ, эрэйгин т?л??м. ?й??н
– ?йд??н.
Бардыалаах – киэ?, ?ч?гэй алаас. Ортотугар улахан к??ллээх. Хоту сыырын ?рд?гэр дьиэ тутарга с?пт??х киэ? кырдаллаах. Бу дойдуга киhи-с??h? олохсуйбатах буолан, от б??? ??нэ-??нэ таах ла?харар эбит.
Наар балыгынан, булдунан иитиллэн олорор биир ынахтаах о?онньордоох эмээхсин олороллор эбит да, т?h?н? оттуохтарай. Арай быйыл сайын Мымах баай дьону ыытан оттоппут. Илин тыаны аастахха, Туойдаах диэн ?т?? алааска биир ыал баар. Ол дьон наар туой хостоон атыылыыллар. Икки ынахтаахтар. Биир ыал дьиэтэ мантан чугас, хоту Булуус диэн алааска баар. Кинилэр биэс ынахтаахтар, атыыр о?устаахтар, аттаахтар. Ол кэннэ ыал суох. Т??кэтэх сир диэн ким да тахсан олохсуйбат эбит. Арай к?h?н хаар т?сп?т?н кэннэ, булчуттар тахсаннар, онно-манна баар ??тээннэригэр олороннор т??лээх булдун сонордууллар. Атын да булт элбэх дойдута.
?лэhиттэр алаас со?уруулуу ар?аа хонно?ор олорор о?онньордоох эмээхси??э дьиэлэнэн ?лэлииллэр. К??лгэ туулаан, минньигэс эттээх собону сиэн абыраннылар. Мымах баай аhылыкка диэн кырдьа?ас кур эмирэх биэни биэрбитэ. Онон сыалаах эти хото сииллэр. Арай ??т суох. Ууну оргутан иhэллэр. Хайах таhаарбыттара. Хата, о?онньордоох муус умуhахтаахтар эбит.
?лэлии ??рэммит, к??стэрин-уохтарын ?гэнигэр сылдьар толуу эр дьон тутуу ?лэтин тулуппаттар. Ба?аналарын туруора охсон, ?h??лэрин таhааран, ?р?т мастары уурталыыллар. Биэс киhи буолан ?лэлииргэ к?хт??х.
Сайын Парфен Ходырев биир кочанан ?р?с ??hээ ?тт?гэр баран то?устартан киис тириитин хомуйан кэллэ. То?устар сайын ?р?с хочолоругар кэлэн сайылааччылар. Киис суох диэн ??тэлээх кииhи биэрбэтилэр. Оттон сахалар сайын остуруокка кэлбэттэр.
К?h?н, бала?ан ыйын с??рбэтин диэки, со?урууттан Иван Галкин кэллэ. Уон икки ха?аактаах. Кинини кытта уонча промысловик кэлистэ. Бурдук, туус, саа сэбэ, арыгы, о?уруо э?ин а?албыттар.
Иван Галкин кэлбитинэн сибээстээн, ха?аактар «сход» диэн ааттаах с?бэ?э муhуннулар. Саамай а?а саастаах ха?аак Тимофей дьон иннигэр тахсан этэр:
– Казаки, я чаю, якольские люди опять непослушны. Недавно у баксинцев пропали два промысловика. Еще не взяты под высокую государева руку многие немирные землицы. Бунтуют. Чтобы с теми государевами изменниками бились, не щадя голов своих, нам надо избрать смелого, храброго атамана. Кого вы скажете?
– Ивана Галкина, – диэн са?а иhилиннэ.
– Итак, Ивана Галкина. Любо?
– Любо, – диэн ха?аактар с?б?лэhэллэрин биллэрдилэр.
Иван Галкин ?рд?к дуоhунаска итэ?эйбиттэрин иhин махтанан бокулуоннаата. Ол кэнниттэн былыргы абыычай быhыытынан са?а атамааны кымньыынан к?хс?гэ охсубута буолаллар.